Николай Архипович Архипов баһылыгынан талыллыаҕыттан төһө да солото суох буоллар библиотека ыытар тэрээһиннэригэр ыҥырдахпытына кыттыыны ылара. Ол курдук, улуус үбүлээн таһаарбыт кинигэлэрин сүрэхтэниилэригэр, Амматтан төрүттээх суруйааччыларбыт үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр, сыллата араас сылларга аналлаах аһыллыыларга библиотека тэрийбит кинигэ быыстапкаларын сэҥээрэн көрөрө.
2019 сыллаахха бастакы республиканскай сетевой “ Кинигэ күүһэ” акцияҕа В.И Жожиков аатынан оҕо библиотекатын көрдөһүүтүн ылынан кэлэн оҕолорго «Ийэ тыла минньигэс»диэн кэпсээни аахпыта.Оҕолор болҕомтолоохтук олорон истэннэр,элбэх боппуруоһу биэрбиттэрэ,сорох оҕолор Николай Архиповиһы саҥа көрбүттэрин эппиттэрэ,баһылык оҕо сааһыттан,ханна төрөөбүтүн,оҕо сылдьан тугунан интириэһиргиирин,төһө элбэх кинигэни аахпытын,ханнык оскуолаҕа үөрэммитин,төрөппүттэрэ кимнээҕин,ханна үөрэммитин ыйыппыттара. Тэрээһиммит бүтэһигэр Яковлева Күннээйэ хоһоон аахпыта, библиотекаҕа элбэхтик сылдьар оҕолорго Николай Архипович кинигэ бэлэхтээбитэ,уонна бүтэһигэр оҕолорго:»Оҕолоор, элбэхтик кинигэтэ ааҕын, сайдыылаах буолун, дойдугут туһугар патриот буолун»диэн кэс тыл курдук эппитэ.
Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах сыллата ыытыллар сахалыы диктант суруйуутугар 1921сыллаахха Николай Архипович диктант текстын аахпыта.
Бюджекка куруук харчы баар буолбат этэ. Ону кини граннарга үлэлэһэн үлэҕитигэр туһаныахтааххыт диэн санаалаах этэ. 2021 сылга библиотека үлэһиттэрэ түмсэн «Союз библиотекарей «Жемчужина» диэн общественнай тэрилтэ тэриллибитэ. Бу тэрилтэни туһанан 2021 сылга «Инфосфера» диэн ааттаах Чапчылҕаннааҕы нэһилиэк библиотека социально-библиотечнай бырайыага 50 тыһыынча солкуобай сууммалаах Амма улууһун баһылык гранын кыайан ноутбук, онно наадалаах тэриллэри уонна проектор ылбыта. Бу проект А5ам саастаах уонна доруобуйанан хааччахтаммыт дьоҥҥо босхо консультациялары ыытар, сөпкө информационнай эйгэни туһанарга үөрэтэр -такайар сыаллаах-соруктаах буолар. Бырайыак 3 сыллаах улэтин түмүгүнэн көрдөххө Госуслугаҕа хайдах регистрацияналарга, паролю восстанови гынарга , араас хайысхалаах сайабылыанньа суруйарга элбэх киһи өҥөнү туһанна, үөрэннэ, биллэ уонна туһалааҕын бу бырайыак автора Чапчылҕаннааҕы нэһилиэк сүрүннүүр библиотекара Алена Анатольевна Семенова бигэргэттэ.
2022 сыллаахха Күннүк Уурастыырап аатынан Амматааҕы киин библиотека методическай отдела оҥорбут «Саҥарар кинигэ» бырайыага Арассыыйатааҕы конкурс 2 түһүмэҕэр «Социальное обслуживание, социальная поддержка и защита граждан» диэн хайысхаҕа кыайыылааҕынан тахсан 487 179,26 солк. сууммалаах Президент Фондун Гранын ылбыта. Бырайыак сыалынан: Амматааҕы библиотечнай тиһик библиотекаларыгар сахалыы тылынан «саҥарар» кинигэлэр фонотекаларын тэрийии; харахтарынан көрбөт дьоҥҥо туһуланар уонна кинилэр бэйэлэрин төрөөбүт тылларынан – сахалыы тылынан тахсыбыт кинигэлэри билсэллэригэр кыаҕы биэрэр.
Бырайыакпыт 2023 сыл ахсынньы ыйынан түмүктэнэр. Грант харчытыгар компьютер, флеш-карта, контейнер уонна «саҥарар» кинигэбитин истэргэ 13 библиотекаҕа тифлофлешплеер атыылаһан биэриэхпит. Үлэбит түмүгэр 13 сахалыы айымньы уһуллан, элбэтиллэн Амматааҕы кииннэммит библиотечнай тиһиккэ «саҥарар» кинигэлэр фонотекалара тэриллиэ диэн бырайыак салайааччылара Александрова Таисия Тихоновна уонна Слепцова Анна Владимировна үөрүүлэрин үллэстэллэр.
Николай Архипович Аммаҕа IT центр баар буолуохтаах олус диэн кыһаллар этэ. 2022 сыллаахха улуус дьаһалтата уонна Амматааҕы киин библиотека үлэһиттэрэ СР инновация Министерствотын конкурсугар кыайан 2 мөлүйүөн солкуобай сууммаҕа компьютернай комплектар ,остуоллар, кириэһилэлэр, экран кэлбитэ. Манна эбии үбүлээһин быһыытынан библиотека саалатын өрөмүөнүгэр харчы көрүллүбүтэ. Маны сэргэ, киин библиотекаҕа элбэх кыамталаах сервер ылыллыбыта.