Бүгүн, ыам ыйын 30 күнүгэр Амматааҕы Күннүк Уурастыырап аатынан киин библитека ай ти саалатыгар Илья Владимирович Семенов – Ураанай Уола түөрт кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.
Ураанай Уола бэйэтин ураты, саҥа «куолаһынан» саҥаран, чаҕылхай айымньыларынан бар дьон тапталын, ытыктабылын тута ылан суруйааччылар күрэхтэригэр элбэх номинациялары ылла, аймньылара сыанка буолан турдулар:
2009 с. «Һөдьүөт Боотур» олоҥхо-поэма Амма улууһугар Абаҕа нэһилиэгэр Ыччат ыһыаҕар туруруоруллубута. Режиссер – Евгения Попова.
2010 с. «Илэ түүл» диэн олоҥхо- кэпсээн VII –с Саха сирин эдэр суруйааччыларын съеһыгар «Проза» бөлөҕөр биһирэбил номинация ылбыта.
2012 c. «Агайыкаан» диэн кэпсээн «Мой край родной» Всероссийскай литературнай күрэххэ кыттыбыта.
2013 с. Уус- Алдан улууһугар Суоттуга буолбут педагогическай ярморкаҕа «Оскуолаҕа олоҥхону айар үлэни тэрийии» үлэ гран- при кыайыылааҕа буолбута.
2013 с. «Эбэ хайа» поэма «Полюс холода» диэн аан дойдутааҕы фестиваль арыллыытыгар туруоруллубута. Режиссер – Дьулустан Марков.
2014 c. «Эпическое произведение народа Саха, как форма литературного жанра» диэн үлэ Киргизияҕа Каракол куоракка буолбут «Иссык- кюль – центр вселенной» диэн международнай научно- практическай конференцияҕа Лауреат аатын сүкпүтэ.
2014 с. «Үрүҥ таба» диэн үһүйээн- мюзикл Андрей Громов – Агди аатынан республиканскай фестивальга сыанаҕа турбута.
2015 с. Николай Максимович Заболацкай – Чысхан премиятын лауреата буолбута.
2019 с. Тимофей Сметанин 100 сааһыгар аналлаах күрэххэ Лауреат.
2020 с. «Кыһыл байыас» драма Үстүүн Нохсороп аатынан Абаҕатааҕы духуобунас киинин сыанатыгар турбута. Режиссер – Евгения Попова.
2022 с. «Кыһыл байыас» драма Эдэр суруйааччылар мунньаҕын «Бастыҥ айымньы» аат кыайыылааҕа.
2024 с., быйыл Эдэр суруйааччылар мунньахтарыгар Ырасыыйа суруйааччыларын союһун чилиэнигэр кандидат буолла.
2024 с. Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан саха драматическай театырыгар «Кыһыл байыас» драма бөлөҕүнэн уус-уран ааҕыыта буолан ааста. (читка).
2024 с. «Волшебный мир театра» республиканскай күрэххэ гран- при хаһаанына.
2024 с. Эдэр көрөөччү театырыгар «Аммайаана» драма бөлөҕүнэн уус- уран ааҕыы буолла.
2024 с. «Сырдык аартык» диэн драмата Үстүүн Нохсороп аатынан Абаҕатааҕы духуобунас киинин сыанатыгар турда. Режиссер – Евгения Попова.
Ол курдук, 2022 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыт “Легенды земли Мяндигинской”, 2023 сыллаахха тахсыбыт “Харама Боотур уонна Амма Куо” олоҥхо-остуоруйата уонна быйыл, буруолуу сылдьар икки кинигэтэ: “Амма быыһык кэмнэрэ”. Кинигэҕэ Амма сиригэр – уотугар араас үйэлэргэ буолан ааспыт улахан уларыйыылар кэмнэрин ойуулуур драмалар уонна “Олоҕу олоҥхонон туойуохха” диэн олоҥхо-поэмалар, олоҥхо-кэпсээн диэн саҥа литературнай жанр курдук суруллан бу буолаары турар Олоҥхо ыһыаҕыгар анаан таҕыста.
Аан тылынан дьоро күнү арыйда Амма улууһун Аҕа баһылыгын бастакы солбуйааччыта Василий Иванович Бураев.
Илья Владимирович ийэтэ Галина Ильинична Захарова – Уордьаннаах кыыһа библиотекаринан олус бэриниилээхтик, айымньыылаахтык таптыыр, төрөөбүт Абаҕатыгар үлэлээбитэ. Кини ССРС культуратын туйгуна, Абаҕа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, биһиги ытыктыыр, ахтар, саныыр киһибит. Библиотечнай тиһик үлэтигэр олус таһаарылаахтык үлэлээн сүдү кылааты хаалларбыта диэн Амма улууһун библиотечнай тиһик салайааччыта Прокопий Евгеньевич Прокопьев санаан-ахтан ааста.
Илья Владимирович – Ураанай Уола элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэ иккис уол оҕонон күн сирин көрбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр бары эппиэтинэстээх, дьонно эйэҕэс сыһыаннаах, элэккэй майгылаах, тулалыыр эйгэҕэ, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаннаах буола улааппыттара. Бүгүн, быраатын үөрүүтүн үллэһиннэ, эҕэрдэлээтэ Абаҕа нэһилиэгин Аҕа баһылыга Семенов Максим Владимирович.
“Күн сири сырдатар, үөрэх киһини» диэн салайтаран 1995 сыллаахха Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училеща5а үөрэнэ киирбитэ уонна 1998 сыллаахха “Саха тылын уонна литературатын учуутала” идэтигэр диплому ылбыта. Ол сыл ДЬГУ Саха тылын уонна культуратын факультетыгар киирэн “Саха тылын уонна литературатын учуутала” идэтин үрдэтэн Горнай Бэрдьигэстээҕэр педагогическай оскуолаҕа оҕону иитэр үлэҕэ директор солбуйааччытынан уонна саха тылын учууталынан үлэлээбитэ. “Үөрэх – бараммат баай” буолар диэн Илья Владимирович эбии “Менеджер в образовании” үөрэҕи бүтэрэн Мээндиги орто агрососкуолатыгар дириэктэринэн 4 сыл үлэлиир. Ол кэннэ, ООО «Аргас мебель» тэрилтэҕэ атыы менеджерынан үлэлиир. Ол гынан баран, айар, үөрэтэр талаана баһыйар буолан Өймөкөөн улууһугар Үчүгэй орто оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан улэлиир-хамсыыр. 2015 сыллаахха олохтоортор өйөбүллэрин ылан күн баччааҥҥыга диэри Мээндиги нэһилиэгин Аҕа баһылыгынан үлэлии сылдьар.
Аалай кыһыл лиэнтэни Амма улууһун Аҕа баһылыгын бастакы солбуйааччыта Бураев Василий Иванович, Амматааҕы кииннэммит библиотечнай тиһик директора Прокопий Евгеньевич Прокопьев уонна дьоро күммүт сүрүн геройа, 4 кинигэбит ааптара Илья Владимирович Семенов – Уураанай Уола кырыйдылар.
Айар кут аартыга арыллыытын, дууһа иэйиитин, тыл оһуора хайдах чочуллубутун туһунан ааптар сырдатта.
Кинигэлэри билиһиннэриэххэ: ол курдук, 2022 сылаахха Дани-Алмас бэчээт дьиэтигэр 112 экземплярдаах, 19 илиистээх “Легенды земли Мяндигиской” диэн Мээндиги нэһилиэгин туһунан уос номоҕо буолбут уонна историческай дөкүмүөннэргэ тиһиллэн киирбит уһуйээннэр, номохтор олус угуттуулаахтык аа5ыллар гына суруллубут кинигэ нууччалыы тылынан бэчээттэнэн тахсыбыта. Кинигэ Саха сирин норуодунай суруйааччытыгар, биир дойдулаахпытыгар Василий Егорович Васильевка – Харысхал сырдык кэриэһигэр ананар.
«Легенды земли Мяндигинской”, этиллибитин курдук, элбэх дөкүмүөҥҥэ тиһиллибит чахчылар бааллар. Ол туһунан сырдатта кыраайы чинчийээччи, спорт бэтэрээнэ, Россия уонна Саха сирин үтүөлээх үлэһитэ, Амма улууһун, Соморсун уонна Мээндиги нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо Алексеев Михаил Васильевичка.
Ураанай Уола олоҥхону 12 саастааҕар Аба5а библиотекатыгар Гаврил Колесов «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону толорорун пластинкаҕа истэн улаханнык сэҥээрбитэ. Онтон ылата кини олоҥхо курдук улуу айымньыга улам таттаран, умсугуйан барбыта. “Харама Боотур уонна Амма Куо” олоҥхо–остуоруйата олус саҥа, атын көрүүлээх, быһыылаах литературнай жанр буолар. Кинигэни, 2024 сыллаахха Аммаҕа ыытыллаары турар Олоҥхо ыһыаҕын көрсө, Амма улууһун дьонугар-сэргэтигэр бэлэх уунна. Дани -Алмас бэчээт дьиэтигэр 50 экземплярдаах, 19 илиистээх, дьэрэкээн ойуулаах күн сирин көрдө. Бу олоҥхо — остуоруйа айыллан тахсыытыгар бэйэтэ туспа остуоруйалаах. Ону кэпсээтэ Анна Матвеевна Матвеева, тыл этэн баран “Харама Хайата” диэн7 ырыаны бар дьонно ыллаан иһитиннэрдэ, экраҥҥа клип көрдөрдө. Ол кэннэ, “Харама Боотур уонна Амма Куо” остуоруйа-олоҥхоттон быһа тардан Амматааҕы Леонид Васильевич Киренскэй аатынан лицей 10 кылаас үөрэнээччилэрэ Романова Лилиана уонна Сидорова Тася толорон иһитиннэрдилэр.
Илья Владимирович — Ураанай Уола төрөөбүт дойдутун киэҥ историятын сөбүлээн ааҕар, үөрэтэр, айымньыыларыгар киллэрэр. “Амма быыһык кэмнэргэ” кинигэҕэ 3 драмалара киирдилэр, автор Амма сиригэр – уотугар араас үйэлэргэ буолан ааспыт улахан уларыйыылар кэмнэрин ойуулуур. Ол курдук, Саха сиригэр нуучча хаьаахтарын кэлиилэрэ, норуоту аймаабыт гражданскай сэрии уонна А5а дойду Улуу сэриитин са5ана оройуоҥҥа детдом арыллыыта. Бу быыһык кэмнэргэ майгы-сигили, олох-дьаьах, сыһыан уларыйыылара дьиҥ олох историятын туһунан итэҕэтиилээхтик суруллар. Кинигэ быйыл Дани-Алмас бэчээт дьиэтигэр 100 экземпляр ахсааннаах, 120 илиистээх бэчээттэнэн Мээндиги нэһилиэгин духуобунай лиидэригэр, Саха сирин норуодунай суруйааччытыгар Василий Егорович Васильевка – Харсыхалга ананан тахсыбыта.
“Бугун, ыам ыйын 30 күнүгэр кунус 3 чаастан Федот Потапов аатынан Амматааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр “Бордуолаах Кинээс” диэн олоҥхо драматын бөлөҕүнэн уус-уран ааҕыыта буолар. Онно кыттыыны ылаллар Мээндигитээҕи “Алгыс” сынньалаҥ киинэ” – диэн э5эрдэ, махтал тылын этэн баран ыҥырда Мэндигитээҕи “Алгыс” сынньалаҥ кииниҥ салайааччыта Попова Светлана Николаевна.
Олоҥхо – саха омуга историяны суруйар ураты ньымата буолар. Ол иһин сахаттан олоҥхо-остуоруйа, олоҥхо-поэма, олоҥхо-кэпсээн, олоҥхо-рок курдук жанрдар айымньылар тахса тураллар. Илья Владимирович – Ураанай Уола анабыл олоҥхо-поэмалар, олоҥхо-кэпсээнэ саҥа литературнай жанр курдук суруллан киирдилэр. Айымньыларга дьиҥ олоххо олорон ааспыт, саха омуга сайдарыгар олук охсубут улуу дьоммут, саха омугун историятын, итэҕэлин анааран көрүү, уол оҕо олоххо оруолун туһунан уустаан-ураннаан “Олоҕу олоҥхонон туойуохха” диэн кинигэтэ быйыл, 2024 сыллаахха, Дани-Алмас бэчээт дьиэтигэр 104 илиистээх, 50 ахсаанынан бэчээттэнэн дьон-сэргэ дьүүлүгэр тагыста.
Кыраайы чинчийээччи, Амма улууһун кииннэммит бухгалтериятын салайааччыта Роман Александрович Алексеевка сиһилии сырдатта. Ол кэннэ, Илья Владимирович айар үлэтэ дьон-сэргэ биһирэбилин ыларыгар улахан оруолу оонньообут олоҥхо-поэматын, драмаларын сыанаҕа тахсарыгар биир бастын киһитэ Үстүүн Нохсороп аатынан Аба5атаа5ы духуобунас киинин дириэктэрэ, Саха республикатын үтүөлээх үлэһитэ, Абаҕа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Екатерина Семеновна Яковлеваҕа эҕэрдэ тыл эттэ, кэрэ куолаьынан ыллаан иһитиннэрдэ..
Илья Владимирович – Ураанай Уолун айымньылара 2009 с. «Һөдьүөт Боотур» олоҥхо-поэма Амма улууһугар Абаҕа нэһилиэгэр Ыччат ыһыаҕар туруруоруллубута.
2020 с. «Кыһыл байыас» драма Үстүүн Нохсороп аатынан Абаҕатааҕы духуобунас киинин сыанатыгар турбута.
2024 с. «Сырдык аартык» драма Үстүүн Нохсороп аатынан Абаҕатааҕы духуобунас киинин сыанатыгар турбута.
Ону барытын олус талааннаах, кыһамньылаах, ураты көрүүлээх, иэйиилээх, сыралаах үлэлээх Евгения Николаевна Попова, Үстүүн Нохсороп аатынан Абаҕатааҕы духуобунас киинин режиссера, норуодунай театр салайааччыта, Саха сирин культуратын туйгуна, уопсай хартыына директора буолар, ол эбэтэр көрөөччу сценаҕа көрөрүн барытын тириэрдэр, биир тыыҥҥа түмэр ураты күүстээх, дьүһүйүү элбэх араас көстүүлэрин арыйар, толкуйдатар, дириҥ ис хоһоонун тириэрдэр, үрдүк таһымҥа таһаарар киһи буолар. Кини эҕэрдэлээтэ уонна «Һөдүөт Боотур» режиссер Федот Потаповка анаммыт олоҥхо-поэматын толордо.
Илья Владимирович — Ураанай Уола муҥура суох махталын тириэрдэр үөрэппит учууталыгар, бу кинигэлэр күн сирин көрөллөрүгэр суругу-бичиги көннөрөн, сарбыйан, сааһылаан биэрбит эрэдээктэригэр, Саха сирин үтүөлээх учууталыгар, Мария Дмитриевна Ноговицынага. Мария Дмитриевна алгыс тылын эттэ, олус үөрбүтүн биллэрдэ.
Библиотека үлэтин сүрүн хайысхатынан креведение буолар. Ол курдук, олохтоох историяны, норуоттан тахсыбыт талааннаах дьоммут үтүө ааттарын үйэтитэргэ киэҥ далааһыннаах үлэлэр тиһигин быспакка ыытыллаллар. Ону таһынан нэһилиэк туһунан араас хабааннаах кинигэлэр күн сирин көрөллөрүгэр библиотека күүс-көмө, тирэх буолар. Оннук үлэлии-хамсыы сылдьар, киэҥ туттар үлэһиппит, Саха сирин култууратын туйгуна, «Гражданская доблесть» бэлиэ хаһаайката, Мээндиги нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Баһылай Харысхал аатынан Мээндиги нэһилиэгин библиотекатын сэбиэдиссэйэ, М.Н. Сибиряков аатынан музей тэрийээччитэ, салайааччыта Матрена Николаевна Захарова Илья Владимирвиһы – Ураанай Уолун эҕэрдэлээтэ, өссө да үүнэ-сайда, аатыра тур диэн эттэ.
Ураанай Уола саҥа айбыт “Аммалар бары биирбит» диэн хоһоонун аахта Мээндиги нэһилиэгин эдэр ыччата, Мэндигитээҕи “Алгыс” сынньалаҥ киин художественнай салайааччыта Николай Алексеев.
Ол кэннэ автограффсессия уонна бары бииргэ хаартыскаҕа түһээһин буолла.
Илья Владмировиһы – Ураанай Уолун өссө биирдэ итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит уонна этиллибит алгыс тылларга кыттыһабыт.