XXII-с “Сээркээн Сэһэнньиттэр” Краеведческай Ааҕыылар.
Быйыл,
XXII-с “Сээркээн Сэһэнньиттэр”
Краеведческай Ааҕыылар Амма Солобуодата төрүттэммитэ 370, Аммаҕа бурдук ыһыллыбыта 350 сылларыгар ананан ыытылыннылар. Ааҕыылар
сыалларынан – соруктарынан төрөөбүт
түөлбэ историятыгар сүгүрүйүү, үөрэтии, үйэтитии, ньургуннар үтүө холобурдарыгар тирэнии, эдэр көлүөнэ
өйүгэр – санаатыгар ытыктабылы иҥэрии буолла. Ааҕыыга кыттыыны ыллылар 7-11 кылаас үөрэнээччилэрэ уонна 18 сааһыттан
үөһэ ким баҕалаах. Барыта 29 дакылаат дьүүллүүр сүбэ көрүүтүгэр киирдэ. Дьүүллүүр
сүбэҕэ үлэлээтилэр: 1.Сутакова Евдокия Михайловна – Амматааҕы кииннэммит
библиотечнай тиһик директора, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ;
2.
Ноговицына Мария Дмитриевна – Амматааҕы Л.Киренскай аатынан лицей саха тылын
уонна литературатын учуутала, Саха Республикатын үтүөлээх учуутала;
3. Захарова
Ванина Ивановна – В.Г.Короленко аатынан Амматааҕы №1 орто оскуола историяҕа
учуутала, Саха Республикатын үтүөлээх учуутала;
4. Васильев
Василий Павлович – улуустааҕы гражданскай сэрии музейын научнай сотруднига;
5. Новикова
Туйаара Иннокентьевна – Амматааҕы саха народнай поэта Нокиков В.М.- Күннүк
Уурастыырап аатынан киин библиотека ааҕааччыны кытта үлэлиир отделын кылаабынай
библиотекара;
Краеведческай Ааҕыыларга киирбит
дакылааттар түмүктэрэ үс бөлөҕүнэн таҕыста: -улахан дьоҥҥо; — эдэр ыччакка; —
оскуола оҕолоругар; Дьүүллүүр сүбэ бөлөхтөрүнэн
кыайыылаахтары маннык быһаарда :
Улахан дьон ортотугар : I миэстэ буолла Михайлова Екатерина Петровна
(Сулҕаччы) “Саха сиригэр сири оҥоруу историческай уонна култуурунай төрүттэрэ”
дакылаатынан.
II миэстэ – Данилова Венера Васильевна
(Сулҕаччы) “Сулҕаччыга судаарыскайдар сийиэстэрэ” дакылаатынан.
III миэстэ – Адамова Мария Ивановна (Абаҕа) –
“Абаҕаҕа тыа хаһаайыстыбатын сайдыыта”.
Эдэр ыччат ортотугар : I миэстэ —
Чемезова Даша – Күннүк Уурастыырап
аатынан Эмис орто оскуолатын
11 кылааһын үөрэнээччитэ “Бурдук – олох төрдө” дакылаатынан (Сал.
Гаврильева А.Н).
II миэстэ – Судинова Нарыйаана – Е.А.Шишигин аатынан
Сатаҕай орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ “ Амга в произведениях В.Г.Короленко
” дакылаатынан (Сал. Адамова Н.Н.).
III миэстэ – Соловьева Вероника – Алтан орто
оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ “Потомственный революционер
В.Н.Подбельский” дакылаатынан (Сал. Соловьева А.А.).
Оҕолор
ортолоругар : I миэстэ – Игнатьева Айна – В.Г.Короленко аатынан Амма № 1 орто
оскуолатын 8 “а” кылааһын үөрэнээччитэ “Хронологическая канва пребывания в Амге
В.Г.Короленко в инфографике (на материалах Барабановой И.С.)” дакылаатынан
(Сал. Семенова Ю.А., Никифорова Т.Е.).
II миэстэ – Чикальдина Уйгу – В.Г.Короленко
аатынан Амма №1 орто оскуолатын 8 “а” кылааһын
үөрэнээччитэ “Черты святочного рассказа в произведениях В.Г.Короленко
“Сон Макара” дакылаатынан (Сал. Ядрихинская А.Е).
III миэстэ
– Дмитриева Люба – Е.Л.Чистяков аатынан Майскай орто оскуолатын 7 кылааһын
үөрэнээччитэ “Молодые хозяева земли” дакылаатынан (Сал. Михайлова Ю.Н).
Кыайыылаахтар Хайҕал суругунан,
кыттааччылар Туоһу суруктарынан, үөрэнээччилэрин үрдүк таһымҥа бэлэмнээбит
салайааччылар Махтал суруктарынан бэлиэтэннилэр.
“Сээркээн Сэһэнньиттэр” Краеведческай
Ааҕыыларга кыттыбыттарга, дьүүллүүр сүбэҕэ таһаарыылаахтык үлэлээбиттэргэ –
барыгытыгар махталбытын тиэрдэбит, ситиһиилэри баҕарабыт.