Олег Гаврильевич Сидоров преподнес в дар 19 экз. своей первой части сборника “Якутская Автономная Республика: действующие лица (1917-1922)”, где повествуется о том, как в 1917-1922 годах идея обретения Якутией государственности становилось все более реализуемой в форме Автономной Республики.
Үс омук тылынан тахсыбыт «Өскө наһаа баҕарыаҥ» диэн Петр Тобуруокап оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах уонна алын кылаас оҕолоругар аналлаах хоһооннорун хомуурунньугун Дмитрий Федосеевич Наумов саха народнай суруйааччыта ааты ылбыт үөрүүлээх тэрээһинигэр Амма улууһун библиотекаларыгар кинигэни бэлэхтээтэ.
С.В. Гольдерова — Саргы Куо — Россия суруйааччыларын союһун чилиэнэ «Василий Федотович Гольдеров – Ороһу уола” диэн биобиблиографическай ыйынньык 3 экз. фондабытыгар бэлэх уунна. Бу кинигэ Василий Гольдеров төрөөбүтэ 90 сылыгар ананан таһаарыллыбыт.
Бары кинигэ бэлэхтээбит биир дойдулаахтарбытыгар бар5а махталбытын тиэрдэбит!
Нэһилиэк урукку историятын, олорон ааспыт дьон оло5ун хасыһан үөрэтэр краеведтар бааллара олус кэрэхсэбиллээх. Ол курдук Амма улууһун Мээндиги нэһилиэгин историятыгар сыһыаннаах 3 кинигэ тэҥинэн күн сирин көрдүлэр. Олохтоох краевед М. В. Алексеев 2 кинигэни хомуйан оҥордо:
«Саха маҥнайгы көлүөнэ олоҥхоһута Ырыа Маппыан (1856-1929)” диэн саха маҥнайгы көлүөнэ олоҥхоһуттарыттан биирдэстэрэ Амматтан төрүттээх М. И. Гермогенов-Ырыа Маппыан олоҕун, алтыспыт дьонун, ыллаабыт түһүлгэлэрин туһунан кинигэ5э архыып докумуоннарыгар олоҕурбут чахчылар тиһиллэн киирбиттэр .
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан “Мээндиги 6 сыл судаарыстыбаннас көмүскэлигэр…” диэн хомуурунньук билиҥҥи Мээндиги нэҥилиэгин сиригэр-уотугар гражданскай сэрии сылларыгар буолан ааспыт кыргыһыылар ахтыыларга, архыып докумуоннарыгар олоҕуран сырдатыллаллар.
Амма улууһун Мээндиги нэһилиэгин былыргы номохторун үһүйээннэрин хомуйан Илья Семенов “Легенды земли Мяндигинской” бэртээхэй брошюраны нууччалыы тылынан бэчээттэтэн таһаарда.
Үөрүүлээҕэ диэн бу таһаарыылары 20-лии ахсаанынан биһиги библиотекабытыгар бэлэхтээтилэр. Онон Мээндиги нэһилиэгин олохтоох краеведыгар М. В. Алексеевка уонна бу таһаарыылары үбүлээбит нэһилиэк баһылыгар Илья Владимирович Семеновка махталбытын тиэрдэбит!