Үтүө үгэстэрдээх, Сахабыт сирин саамай маанылаах сирэ — дойдута – Аммабыт улууһа урут уруккуттан көмүс туораах бурдугу үүннэриинэн, сыспай сиэллээҕи иитиинэн утумнаахтык дьарыктанар. Өбүгэ саҕаттан саха киһитэ барахсан унньуктаах уһун кыһыҥҥа бэлэмнэнэн, кылгас сайын устата түбүгүрэн от оттоон, мас мастаан, сыл тахсар аһын — таҥаһын дьаһанан бэлэмнээх көрсөр. Билигин даҕаны ол үтүө үгэһи үйэтитэн, тыа киһитэ тоҥору-хатары умнан күннэтэ түбүк үөһүгэр сылдьан үлэлиир- хамсыыр.
Сэтинньи 11 күнүгэр В.М.Новиков — Күннүк Уурастыырап аатынан киин билиотекаҕа“Идэһэ – үйэ чиэппэрэ”диэн саҥа кинигэ сурэхтэниитэ буолла. Суруллубут суоруллубат диэн этиигэ олоҕуран , тыа хаһаайыстыбатын эйгэтин улэһиттэрин сырдатар кинигэ бэчээтэнэн таҕыста. Саҥа кинигэ “Амма улууһа” (оройуон) муниципальнай тэриллии уонна Амма улууһун тыа хаhаайыстыбатын управлениета үбүлээhининэн бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэҕэ Амма улууһун нэһилиэктэрин, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин үлэлэрэ,” Идэһэ” ярмарка — быыстапкатыгар хайдах кыттыбыттара, хаартыскалар киирдилэр. Амма нэһилиэгин В.М.Новиков — Күннүк Уурастыырап аатынан киин бибилэтиэкэтэ “Амма олоҕо” хаhыат оцифровкаламмыт ыстатыйалара докумуон быһыытынан кинигэҕэ киирдилэр. Кинигэ Юрий Гагарин аатынан типографияҕа 300 ахсаанынан бэчээтэнэн таҕыста. Саҥа кинигэни Наталья Егоровна Бубякина уонна Валентина Ивановна Семенова хомуйан оҥордулар. Кинигэ тас көстүүтүгэр Амма улууһун норуотун маастардарын оҥорбут оҥоhуктара — идэһэ символлара (бэлиэлэрэ) ойууламмыттар.
Эҕэрдэ тыл этиллэр: Амма улууһун депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Софья Лаврентьевна Александрова , Амма улууһун баһылыгын тыа хаhаайыстыбатын боппуруостарыгар солбуйааччыта, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Семенович Кононов.
Идэһэ бырааһынньыгын сылын аайы ыытан кэлбит Аммабыт улууһун баһылыктарынан үлэлээбит ытыктыыр дьоммут эҕэрдэ видеоларын ыыппыттарын көрдүбүт.
Амма улууһун дьаһалтатын махтал суруктарын туттулар: Российскай Федерация үтүөлээх зоотехнига, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Амма улууһун бааһынай хаhаайыстыбаларын Ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ Александра Николаевна Цыпандина, Амма улууһун тыа хаhаайыстыбатын үлэһиттэрин профсоюһун бэрэсэдээтэлэ Валентина Ивановна Семенова , Бөтүн МТ нэһилиэгин сүрүннүүр специалиһа Тамара Прокопьевна Давыдова, Алтан МТ баһылыгын солбуйааччыта Татьяна Васильевна Атласова.
Тыа хаһаайыстыбатын управлениятын махтал суруктарын туттуллар кинигэ тахсыытыгар үлэлэспиттэригэр : Амматааҕы Күннүк Уурастыырап аатынан библиотечнай тиһик дириэктэрэ Евдокия Михайловна Сутакова, культура управлениятын сүрүн режиссерыгар Раиса Николаевна Шадринова, Болугур орто оскуолатын “Тускул” о5ону сайыннарар киин салайааччытыгар Сахаяна Юдовна Кожурова. Ону тэҥэ, “Амма улууһун тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улахан кылаатын” иһин түөскэ иилинэр знак туттарыллынна «Амма олоҕо» хаһыат редакторыгар , Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэчээтин туйгунугар, Саха Өрөспүүбүлукэтин култууратын үтүөлээх үлэһитигэр Наталья Егоровна Бубякинаҕа. Нэһилиэк а5а баһылыктара саҥа кинигэ сүрэхтэммитинэн истиҥ эҕэрдэлэрин эттилэр. Бу үөрүлээх күҥҥэ ылбаҕай ырыаларын бэлэх уунуллар Анатолий Черемных аатынан оҕо искусствотын оскуолатын преподователлэрэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Алексеевич Неустроев, Валерий Кириллин, Владимир Дедюкин. Алтан нэһилиэгин В.Ноев аатынан култуура киинин “Иэйии” эр дьон народнай ансаамбыла. Кэлбит ыалдьыттарга тыа хаһаайыстыбатын управленията бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйаларын амсатта. Өр сылларга үлэлээбит бэтэрээн үлэһиттэригэр тыа хаһаайыстыбатын салайааччыта Ион Семенович Кононов саҥа сурэхтэммит кинигэни бэлэх уунна уонна 17 экз. Амматааҕы Күннүк Уурастыырап киин библиотекатыгар бэлэхтээтэ.
Өбүгэлэрбит үтүө — мааны үгэстэрин үйэтитэн, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын дэлэтэн, тыа сирин үлэһит дьоно сыаналана, саха киһитин үтүө үгэһэ идэһэ өрөгөйдүү турдун! Бука бары тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыт дьоҥҥо улахан махталбытын тириэрдэбит. Тэрээһини ыытта Күннүк Уурастыырап атынан киин библиотека ааҕар саалатын сүрүннуур библиотиэкэрэ Лариса Егоровна Винокурова.