Автор: администратор сайта

Бүгүн Валерий Власьевич Ноев, саха аатырбыт айылҕаттан айдарыылаах хампаһыытар төрөөбүт күнэ

Олоҕун олуктара Кини 1939 сыллаахха сэтинньи 20 күнүгэр Амма улууһун Алтан нэһилиэгэр Туойдаах алааһыгар төрөөбүтэ. Айар үлэтэ Улан Удэ куорат Илиҥ Сибиирдээҕи култуура институтугар 1961 сыллааха киирбитэ. Бастакы ырыатын Бүөтүр Тобуруокап «Көрүмэ, доҕоруом, көрүмэ» хоһоонугар 1961 сыллаахха суруйбут. Үс баянынан доҕуһуоллаах театрализованнай кэнсиэри туруорбута, 4 сюитаны, баяҥҥа аналлаах 12 айымньыны суруйбута. «Мелодия» фирмаҕа 4 пластинката тахсыбыта.…

Автор администратор сайта 20.11.2026 0

Собери пазл ко Дню рождения Деда Мороза

Этот праздник официально отмечают в России с 2005 г. Каков возраст зимнего волшебника доподлинно неизвестно, но точно, что более 2000 лет. Дату рождения Деда Мороза придумали сами дети, поскольку именно 18 ноября на его вотчине — в Великом Устюге — в свои права вступает настоящая зима, и ударяют морозы.

Автор администратор сайта 18.11.2026 0

Тифлофестиваль «Культурный код: доступно каждому»

Яркой финальной точкой тифлофестиваля «Культурный код: доступно каждому» стал душевный литературный вечер «Көмүс күн кыырпаҕын ыһан» -«Рассыпая искры золотого солнца».✨ В этом году конкурс в честь поэта и тифлопедагога Ивана Горного стёр все расстояния и объединил более 90 людей из разных уголков Якутии и России! Самые трогательные моменты вечера: 📖Добрые подарки: ПАО «Якутскэнерго» подарил нашим…

Автор администратор сайта 16.11.2026 0

«Идэһэ — 2026»

Сэтинньи 14 күнүгэр Амма нэһилиэгэр үбүлүөйнэй, 30-ус төгүлүн «Идэһэ» тэрээһинэ буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ Амматааҕы киин библиотека «Тыа хаһаайыстыбатын бигэ туруга — олохпут байылыат уйгута» — диэн тематическай кинигэ выставкатынан кытынна. «Идэһэ» бырааһынньыгын саҕалаабыт Наумов Д.Ф., тыа хаһаайыстыбатыгар эдэр сааһыттан үлэлээбит, «Саха ынаҕа» тэрилтэ салайааччыта Артемьев А.Е., Амма СХПКтын өр сылларга салайбыт Емельянов И.Н. уонна…

Автор администратор сайта 15.11.2026 0

Саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Анемподист Иванович Софронов — Алампа төрөөбүтэ 140 сыла

Анемподист Иванович Софронов — Алампа (1886 сыл сэтинньи 2 күнэ [14 күнэ], Дьохсоҕон нэһилиэгэ, Таатта улууһа, Боотур Уус улууһа, Саха уобалаһа — 1935 алтынньы 24, Дьокуускай) — Ыраахтааҕылаах Арассыыйа уонна ССРС кэминээҕи саха суруйааччыта, саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ. Бэйиэт, драматург, кириитик, уопсастыбаннай диэйэтэл. Саха драматургиятын уонна тыйаатырын төрүттээччи. Олоҕун олуктара 1886 сыллаахха сэтинньи 14 күнүгэр Боотур Уус улууһугар…

Автор администратор сайта 14.11.2026 0

Сегодня Якутия отмечает день рождения Первого Президента Михаила Ефимовича Николаева

Михаил Ефимович Николаев родился 13 ноября 1937 года в Октёмском наслеге (поселке) Орджоникидзевского района Якутии. В 1961 году окончил Омский государственный ветеринарный институт (ныне Омский государственный аграрный университет им. П. А. Столыпина), в 1971 году — Высшую партийную школу при ЦК Коммунистической партии Советского Союза (КПСС). После окончания института работал главным ветеринарным врачом Жиганского района Якутской АССР. В…

Автор администратор сайта 13.11.2026 0

Поэт, прозаик, драматург, сахалартан биир бастакы лингвист-ученай, общественнай уонна государственнай деятель, саха советскай литературатын төрүттээччи Былатыан Ойуунускай төрөөбүт күнэ

Платон Алексеевич Слепцов — Былатыан Ойуунускай (1893 сэтинньи 11, Боотур Уус улууһа, Саха уобалаһа — 1939 алтынньы 31, Дьокуускай) — саха сэбиэскэй судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ, суруйааччы, бэйиэт, драматург, олоҥхоһут, тылбаасчыт, тыл үөрэхтээҕэ. Саха сэбиэскэй литературатын уонна Саха сиригэр гуманитарнай билими төрүттээччи. Олоҕун олуктара Оҕо сааһа уонна үөрэҕэ 1893 сыллаахха сэтинньи 11 күнүгэр Арассыыйа импиэрийэтин Саха уобалаһын…

Автор администратор сайта 11.11.2026 0

Аммаҕа «Кэрэхсэбиллээх чахчылар» кинигэ ааптара Масаха Мэхээс ыалдьыттаата

Алтынньы 10 күнүгэр Аммаҕа бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста, ол курдук биһиэхэ бүгүн Мэҥэ Хаҥалас улууһун сэбиэтин дьокутаата, уопсастыбынньык, урбаанньыт, ыал аҕата, «Кэрэхсэбиллээх чахчылар» кинигэ ааптара Масаха Михаил Иванович — Масаха Мэхээс ыалдьыттаата. Амматааҕы библиотечнай тиһик директора Прокопьев П. Е. ыалдьыппыт туһунан кылгастык билиһиннэрэн баран тылы Мэхээскэ биэрдэ. Эдэр киһи тыла — өһө ылбаҕайа, киһиэхэ…

Автор администратор сайта 11.11.2026 0

Сэтинньи 6 күнүгэр Амматааҕы киин библиотекаҕа ХI Улахан этнографическай диктант буолан ааста

Уопсайа 25 киһи кыттыыны ылла. Ааҕар саала библиотекара Винокурова Л.Е. диктант суолтатын, хайдах толоруллуохтааҕын туһунан сиһилии быһааран биэрбитин кэннэ кыттааччылар биир академическай уруок бириэмтигэр суруйдулар. Икки аҕам саастаах уонна үс эдэр, уоннааҕылара орто саастаахтар кытыннылар. Диктант боппуруостара Россия норуоттарын историяларыгар, олохторугар, культураларыгар сыһыаннаахтар. Орто баалбыт 63, буолла, хас да киһи 100 баалтан 90-ан тахса бааллаахтар.…

Автор администратор сайта 07.11.2026 0