Site Loader

Бүгүн Амма улууһун уонна Алтан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Саха сирин учуонай дьахталлара» холбоһук бочуоттаах президенэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи хайыһар Федерациятын бэрэссэдээтэлэ, Арассыыйа хайыһары сэҥээрээччилэрин сойууһун спордун маастара

— Екатерина Семеновна Никитина 75 сааһын томточчу туолла.

«Алтаҥҥа айаннаан истэххэ, суол кытыытыгар Саһыл уйалаах диэн үтүө ааттаах кыракый алаас оҕото кэлэр. Оччотооҕу балай да уус киһи илиитинэн тутуллубут, күүлэтэ хатыйыы талах эргиирдээх дьиэ сиргэ тимирэн турар. Бу дьиэҕэ буолар биһиги кыыспыт Катя биир сайыҥҥы сырдык, ыраас, ип-итии күн (24.07.1948 с.) аан бастаан күн сырдыгын көрбүтэ. Ийэтэ Елена Михайловна күһүнүн оччотооҕу колхоз ыарахан үлэтигэр фермаҕа ыанньыксыттыы баран хаалар. Маннык сааһын тухары үлэлээбитэ, оннооҕор үрэх баһыгар тиийэ сүөһү кыстата барара. Кыракый Катяны эбэтэ Дьэбдьиэй «сүөһүлүү» хаалара. Оннук оскуолаҕа киириэр диэри эбээ барахсан, сиэнигэр ылларан, куруук илдьэ сылдьыбыта. Бэйэтэ да уратылаах кырдьаҕас этэ: Нөрөтү алаас хоту куртаҕар Хомустаахха соҕотоҕун кыстыыра, кыра сиэннэрин Маринаны, Катяны көрөрө. Наар айылҕаҕа убаммыт, куруук сиэннэрин батыһыннаран хааман тахсар идэлээҕэ. Кулунчуктаах биэ курдук суксуруһан Катя эбэтин кытта ханна-ханна тиийбэтэҕэй?… Айылҕа отун-маһын сибэккитин, үөнүн-көйүүрүн, көтөрүн-сүүрэрин барытын сирийэн өйдүүргэ, таптыырга эбээ оскуолата үөрэппитэ. Бу барыта кыыс олоҕун тутаах аргыһынан буолбута. Ол сылдьыбыт ыырдарын биир да сайыны аһарбакка, билигин да сылдьар уонна ону туохтааҕар да ордорор, айылҕа барахсантан элбэх күүс-күдэх иҥэринэн үөрэр-дьоллонор.

Алтан 8 кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэригэр кыра балтыларын, бырааттарын көрөр-харайар. Ийэлээх аҕата колхуос үлэтиттэн күн солото суох дьон. Сэттэ оҕо бэйэлэрин бэйэлэрэ көрүнэллэр. Онно сүрүн дьаһайааччы Катя, кинилэри сууйар-тарыыр, ас астаан аһатар-сиэтэр, сүгэн-көтөҕөн киллэрэр-таһаарар, оонньотор, үлэлэтэр. Быыс булан аны бэйэтэ оонньуу сүүрэр, доҕотторо буоллаҕына барыта уолаттар, уулуссаҕа мустан күүтэллэр. Күүтэллэр Катя кэлэн, кини хамаандалаан «сэриилэһэллэрин», байыаннай сүүрүүлээх киирсиилэрин. Күһүн аны ыттаах тэйиччи күөлгэ кус оҕолууллар. Оттон саанан үчүгэйдик ытан кустааччылара Катя буолар. Онно барытын эрдэттэн былааннаан кэпсэтэллэр-сүбэлэһэллэр. Оттон хотоҥҥо сүөһүтүн көрө, ынах ыы, фермаҕа ийэтэ ыыр ынаҕар көмөлөһө сүүрэрэ хас күн аайы этэ буоллаҕа.

Оскуолаҕа учууталларыгар бастыҥ көмөлөһөөччү — Катя. Пионер, комсомол кытаанах дьаһалтатын бэйэтэ тутар, оҕолору барыга сирдээн толорторор… Амма оскуолатыгар интернакка олороро. Онно тугу гымматаҕай: фотограф, саахымакка, дуобакка бастыҥ миэстэлэрдээх, баяҥҥа оонньуур, хаалларбыт биир да спордун көрүҥэ диэн суох… Катя, хайыһар кини муннукка ытаабыт дьаллыга, улахан эрэ тымныыга тохтуура. Студенныыр, аспиранныыр сылларыгар… маастарга кандидат нуорматын толорбута.

Кыра техниканы билэр, өрөмүөннүүр, төһөлөөх велосипеды, мопеды, мотоциклы хаһыспыта буолуой, бэйэтэ ыытан ханна-ханна тиийбэтэҕэй!

Билигин Дьокуускайтан аныгы массыынаҕа холкутук олорон, бэйэтэ ыытан, көҥүл кэлэр-барар буоллаҕа.

Ол тухары кинигэтин тута сылдьар, араас дьиктилээх дьоннор тустарынан, омук, нуучча, саха суруйааччыларыгар тиийэ ааҕар, маһынан да уһанан киирэн барар, наада буоллаҕына иистэнэн да туруо. Быһата, Катя сатаабатаҕа диэн олоҕор суох буолуохтаах…», — диэн Мария Михайловна Никитина «Таптыыр, ахтар Алтаммыт» кинигэҕэ Екатерина Семеновна туһунан

суруйуутун көрбүт-аахпыт киһи чахчы интэриэһинэй, дьоһун олохтоох киһи эбит дии санаабыт буолуохтаах.

Биһиги нэһилиэктэн төрүттээх физика-математика билимнэрин кандидата (Саха дьахталларыттан бастакынан геометрия хайысхатыгар), СӨ үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ, Россия үрдүк үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ,

СӨ үрдүк үөрэхтээһинин, ыччат бэлиитикэтин туйгуннара, Россияҕа, Саха сиригэр физическэй култуура уонна спорт сайдарыгар өҥөтүн иһин бэлиэ хаһаайката, Амма улууһун уонна Алтан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Саха сирин учуонай дьахталлара» холбоһук бочуоттаах президенэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи хайыһар Федерациятын бэрэссэдээтэлэ, Арассыыйа хайыһары сэҥээрээччилэрин сойууһун спордун маастара

— Екатерина Семеновна Никитина бүгүн 75 сааһын томточчу туолар өрөгөйдөөх үбүлүөйэ.

Ытыктыыр киһибит олох араас түһүүлэрин-тахсыыларын мүччү көтөр модун санааҥ уҕараабакка өрүү, бу бүгүҥҥүҥ курдук, инники хардыылыы тур! Ыарыы ыалласпатын, тумуу тумуннун, чугас дьонуҥ, үөрэппит-такайбыт ыччатыҥ үөрүүгүн үксэтэ, өрөгөйгүн үрдэтэ турдуннар!

Автор поста: администратор сайта

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять