Балаҕан ыйын 14 күнүгэр, В.М.Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан киин библиотекаҕа аммалар киэн туттар биир дойдулаахпыт Россия Суруйааччыларын уонна Журналистарын союһун чилиэнэ, Амма улууһун Бөтүң нэһилиэгин боччуоттаах олохтооҕо, поэт,прозаик, философ, тылбаасчыт, кыраайы үөрэтээччи элбэх кинигэ автора Сардаана Павловна Онуфриева-Амгинская төрөөбүтэ 60 сылыгар аналлаах ахтыы киэһэтэ буолан ааста. Ол курдук кини сценарийынан Уус Алдан улууһугар «Кыыс ыһыаҕа»,Амма улууһугар олоңхоһут Т.В.Захаров-Чээбийгэ аналлаах ыһыах, Амма улууһугар «Кыыс сүктүүтэ», Аҕа баһылыктар аман ыһыахтара, Христофор Максимов 90 сааһыгар, В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах ыһыахтар, сахалыы тыыннаах умнуллубат бырааһынньыктар буолан ааспыттара.
Сардаана Амгинская үгүс өрүттээх айымньылаах үлэтин,бастатан туран кыраайы үөрэтээччи уонна учуонай быһыытынан сыаналыыбыт. Кини саха литературатын историятыгар бөлүһүөктүү тыыннаах, күүстээх, киһини эрэ долгутар айымньылары суруйан хаалларда.
Бу киэһэ бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрэ Дьячковская М.И.,Скрябина З.П., уонна истиҥ дьүөгэтэ Назарова С.К., проекка үлэлэспит дьоно Мартынов Ф.Н., Ноговицына М.Д.уонна кини үлэтин сэргээччиллэр бэт истиңник ахтан-санаан аастылар. Ахтыы киэһэтин Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыстара, П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыстара Елизавета Потапова, Ирина Никифорова, үүнэр көлүөнэ театрын артыыһа Марина Корнилова олус истиңник видео нөңүө хоһоон ааҕан, кэлбит ыалдьыттары долгуттулар. Сардаана Амгинская төһө да кылгас эрээри, олус баай ис хоһоонноох чаҕылхай олоҕу олорон ааста. Кини сырдык аата хас биирдиибит сүрэҕэр өссө күндүтүйэн, хас сайын аайы сардаана сибэкки буолан, Амма кытылыгар тылла туруоҕа.