Алгыстаах Аммабыт сиригэр бэс ыйын 20-21 күннэригэр Олоҥхо ыһыаҕа буолан ааста. Бу икки күн устата Күннүк Уурастыырап аатынан киин бибилиэтэкэ 3 төгүлүн ыытыллар Өрөспүүбүлүкэтээҕи уһун тыыннаах ааҕыы марафонун ыытта. Олоҥхо ааҕыытын марафонун үөрүлээх арыйыыга Москваттан, Санкт – Петербургтан, Сахабыт сирин биллэр – көстөр дьоно – сэргэтэ, суруйааччылара эҕэрдэ тылын эттилэр уонна кинигэлэрин бэлэх ууннулар.
Ол курдук биллэр нуучча суруйааччыта, А.М.Горькай аатынан литературнай институт ректора, филологическай наука доктора, МГУ профессора, Россия суруйааччыларын союһун чилиэнэ Алексей Николаевич Варламов саҥа тахсыбыт кинигэтин уонна ЖЗЛ сериянан бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэлэрин бэлэхтээн Күннүк Уурастыырап аатынан киин бибилиэтэкэ иһинэн ЖЗЛ музейын хаҥатта.
Поэт, переводчик, литературовед, А.М.Горькай аатынан литературнай институт доцена Виктор Альфредович Куллэ талыллыбыт хоһооннорун бэлэх уунна. Маны тэҥэ киэн туттар биир дойдулаахпыт филологическай наука доктора, учуонай, хотугу норуоттар тылларын, фольклорун уонна литератураларын кафедратын профессора, РГПУ Герцен аатынан РФ Хотугулуу – Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун хотугу филологияҕа кафедратын профессора, СВФУ им. М. К. Аммосов. тыл үөрэхтээһинигэр специалииһэ Хотугу форум академиятын, Санкт- Петербург арктическай наука академиятын чилиэнэ Петров Александр Александрович хоту норуотун тылын үөрэтэр кинигэлэрэ библиотека фондатын байытта.
Биир идэлээхтэрбит Үөһээ Бүлүүтээҕи улуустааҕы киин бибилиэтэкэ директора Тамара Герасимовна Саввинова нэһилиэктэрин 4 норуодунай суруйааччыларын Петр Тобуруокап, Семен Руфов, Николай Якутскай, Василий Сивцев уонна ЖЗЛ серияҕа тахсыбыт биир дойдулаахтара, политическай деятель Исидор Барахов туһунан, “Үөһээ Бүлүү улууһун 20-21 үйэлэр кирбиилэрин олоҥхолоро”, уонна Любовь Алексеевна Васильева Кэнтик нэһилиэгин түмэлин үлэһитэ “Кэнтик нэһилиэгэ” дьоһун кинигэлэри бэлэхтээтилэр. Бүлүүтээҕи киин библиотека кыраайы үөрэтэр салаа кылаабынай библиотекара Луиза Яковлевна Кононова «К 385 — летию Вилюйская земля: уважая прошлое творить будущее”, “Вилюйск в истории государства Российского” уонна Степан Аржаков Республика киэн туттар сериянан тахсыбыт кинигэлэрин бэлэх уунан фондабытын хаҥатта.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа, Амма улууһун, Сатаҕай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Мэҥэ – Хаҥалас улууһун Бүтэйдээх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Петр Евсеевич Андреев кинигэ – альбомун бэлэх уунна.Үөрэрбит диэн Олоҥхо ыһыаҕар кэлбит ыалдьыттарбыт илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэлбиттэрэ буолар. Ол курдук Семен Ильич Черноградская – Чуорунай- биллиилээх хайыһардьыт, учуутал, оһуохай тылын Дархан этээччитэ бэйэтэ суруйбут авторскай кинигэлэрин бэлэхтээтэ. Тыл билимин кандидата, РФ суруналыыстарын союһун чилиэнэ Егор Револьевич Николаев «Личные имена саха в лингвокульторологическом контексте» автографтаах кинигэтин кыраайы салааҕа туттарда.
Ону таһынан улуустарбыт делегациялара: Таатта, Өймөкөөн, Верхоянскай курдук ыраах сиртэн кинигэ кэһиилээх кэлбиттэрэ үтүө холобур буолар.
Күннүк Уурастыырап аатынан Амматааҕы киин библиотека үлэһиттэрин аатыттан ыалдьыттарбытыгар дириҥ махталбытын биллэрэбит!