Биир дойдулаахпыт, Саха народнай поэта, саха поэзиятын саҕалааччылартан биирдэстэрэ, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын Союһун чилиэнэ, Үлэ Кыһыл Знамята, “Бочуот Знага”, Норуоттар доҕордоһуулара уордьаннар кавалердара, Дьокуускай куорат, Амма улууһун Бочуоттаах гражданина, актыыбынай общественнай деятель Владимир Михайлович Новиков – Күннүк Уурастыырап төрөөбүтэ 115 сылыгар кэтэхтэн ыытыллыбыт “Күннээх поэт” фестиваль түмүктэрэ.
Күннүк Уурастыырап – саха норуота үгүс үйэлэр усталарыгар сүүмэрдээн айбыт өлбөт – сүппэт сүдү поэзиятын сүрэҕэр – быарыгар иҥэриммит, 20-с үйэ культуратын барҕа баайын баһылаабыт улахан талааннаах поэт. Дойду дьонунан — сэргэтинэн, талааннаах дьонунан аатырар. Төрөөбүт — үөскээбит Амматын элбэхтик хоһооҥҥо хоһуйбут, аар — саарга аатырдыбыт үтүө киһибитинэн биир дойдулаахпыт, Саха народнай поэта Владимир Михайлович Новиков — Күннүк Уурастырап буолар.
Саха народнай поэта В.М.Новиков — Күннүк Уурастыырап сырдык, ыраас, олоххо тапталы күүһүрдэр айымньыларын үйэтитэр сыаллаах фестивалы Амма улууһун култуураҕа салалтата, поэт аатын сүгэр Амматааҕы киин библиотека тэрийэн ыыттылар.
Фестиваль чэрчитинэн Саха народнай поэта В.М.Новиков – Күннүк Уурастыырап төрөөбүтэ 115 сылыгар аналлаах «Күннээх поэт сиэттэрэ, Харысхаллаах Амма ыччата» медиаресурс оҥоһуллан библиотека сайтыгар угулунна. Медиаресурс Күннүк Уурастыырап олоҕун уонна айар үлэтин сүрүн олуктарын сырдатыынан саҕаланар уонна 6 маннык салааттан турар: — Күннүк туһунан үтүө өйдөбүллэр; — Күннүк бэргэн этиилэрэ; — Хаартыскалар; -Үйэтитии; — Айымньылара; — Фестиваль “Күннээх поэт”.
Поэт төрөөбүтэ 115 сылыгар анаммыт тэрээһиннэр “Бүттүүн ааҕыы күнэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйанан саҕаламмыта, аахсыйа социальнай ситим нөнүө барбыта уонна 2022 сыл муус устар 12 күнүттэн ыам ыйын 9 күнүгэр дылы ыытыллыбыта. Акцияны Амматааҕы Күннүк Уурастыырап аатынан киин библиотека методическай отдела, Саха Өрөспүүбүлэкэтин Национальнай библиотекатын тэрийиилэринэн, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ыытыллан, Күннүк поэзиятыгар сүгүрүйээччилэр Бүлүү, Чурапчы, Таатта, Үөһээ Бүлүү, Верхоянскай, Амма уо.д.а. улуустартан, Дьокуускайтан, Абхазияттан барыта 300-тэн тахса киһи поэт хоһоонун аахпыта. Киирбит видеолары Владимир Михайлович төрөөбүт күнүгэр – ыам ыйын 9 күнүгэр библиотека сайтыгар, социальнай ситимҥэ киллэриллэн үгүс дьон сэҥээритин ыллылар. Күннээх поэт хоһооннорун нэһилиэнньэ бары араҥата сааһыттан тутулуга суох аахтылар.
Улуустааҕы “Күннээх поэт” фестиваль чэрчитинэн биир улахан тэрээһининэн ыам ыйын 18 күнүгэр Владимир Михайлович олоҕор уонна айар үлэтигэр аналлаах диктант Амматааҕы кииннэммит библиотечнай тиһик сайтын нөҥүө улуус бары библиотекаларыгар ыытыллыбыта буолар. Диктаҥҥа 5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ, 18 сааһыттан үөһэ нэһилиэнньэ кыттыыны ылбыта.
Маны таһынан, оҕолорго поэт “Тойон Дьаҕарыма” олонхотунан комикс күрэҕэ, нэһилиэнньэ ортотугар айымньыларын хаартыска нөҥүө арыйан көрдөрүү, реферат уонна литературнай – музыкальнай композиция күрэстэрэ былаан быһыытынан ыытылыннылар. Бу күрэстэр алтынньы ый устата бардылар. Күрэстэр түмүктэрэ улахан дьон, оҕолор уонна эдэр ыччат ортотугар таҕыста.
Литературнай – музыкальнай композиция түһүмэҕэр дьүүллүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Судинова Ольга Николаевна — Амма улууһун культураҕа уонна норуот айымньытын салалтатын культурнай дьаһалларга өҥөнү оҥоруу отделын специалиһа, СР культуратын туйгуна, бэрэссэдээтэл, Николаева Нарыйа Валерьевна – Амматааҕы С.Лугинова аатынан народнай театр режиссера, Нестерев Николай Николаевич – Амма улууһун культураҕа уонна норуот айымньытын салалтатын культурнай дьаһалларга өҥөнү оҥоруу отделын сэбиэдиссэйэ. Бу түһүмэххэ кыайыылааҕынан таҕыстылар улахан дьон ортотугар:
— 1 миэстэ — “Көлүкэчээнтэн тыллыбыт ырыа” Сатаҕай нэһилиэгин литературнай – музыкальнай композицията. Сал.- Андреева Анна Ксенофонтовна;
- 2 миэстэ – “Олох диэн дьиҥэ – олус да кэрэ” Сэргэ- Бэс олохтоох библиотекатын иһинэн үлэлиир “Тэтим” литературнай түмсүү композицията. Сал. – Конникова Устинья Ивановна;
- 3 миэстэ –“ Төрөөбүт дойду ахтылҕана” Болугур нэһилиэгин литературнай – музыкальнай композицията. Сал.- Егорова Марианна Иннокентьевна, Платонова Евдокия Васильевна.
Оҕолор ортолоругар:
— 1 миэстэ – “Сайылыкка” Е.А. Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолатын “Дьүрүскэн” фольклорнай бөлөҕүн литературнай – музыкальнай композицията. Сал.- Скрябина Христина Егоровна, Филиппова Анжела Дмитриевна;
— 2 миэстэ – “Землянка Манчары” Соморсун библиотекатын иһинэн үлэлиир “Хоодуоттар” кулууп литературнай – музыкальнай композицията. Сал. Давыдова Ксения Алексеевна;
— 3 миэстэ – “ Күннүк күннээх тыллара” Сулҕаччытааҕы Д.Наумов аатынан библиотека литературнай – музыкальнай композицията. Сал. Попова Елена Васильевна.
Реферат күрэһин түһүмэҕэр дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Рязанская Наталия Константиновна – Амматааҕы Л.Киренскэй аатынан лицей саха тылын уонна литературатын учуутала, суруйааччы, бэрэссэдээтэл, Ноговицына Мария Дмитриевна — Амматааҕы Л.Киренскэй аатынан лицей саха тылын уонна литературатын учуутала, СР үтүөлээх учуутала, Александрова Елена Семеновна — Амма олоҕо хаһыат шеф — редактора. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан түмүк маннык буолла:
Улахан дьоҥҥо:
1 миэстэ – Петрова Татьяна Прокопьевна (Болугур) “Олоҕум тухары ааҕар кинигэм” реферата;
2 миэстэ — Данилова Венера Васильевна (Сулҕаччы) “Амма намчы ырыаһыттара (Күннүк Уурастыырап уонна С.С.Капитонов хоһооннорун тэҥнээн ырытыы)” рефератынан;
3 миэстэ — Павлова Анна Анастасовна (Чакыр) “ Ымыы уонна Налбыһах” айымньынан Күннүк Уурастыырап айар үлэтин сүрүн уратытын сырдатыы” реферата.
Оҕолорго:
1 миэстэ – Карманова Кристина – Абаҕа орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ “ Көр-күлүү аргыстаах хоһоонньут Күннүк Уурастыырап” рефератынан. Сал. Адамова Мария Ивановна;
2 миэстэ — Чемезова Даша – Эмис орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитин “Саха норуодунай поэта В.М.Новиков – Күннүк Уурастыырап кылаас – түмэлигэр экскурсия” рефератынан. Сал. Гаврильева Анетта Николаевна;
3 миэстэ – Платонова Илмира — Сэргэ – Бэс орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитин “В.М.Новиков – Күннүк Уурастыырап – айылҕа намчы ырыаһыта” реферата. Сал. Еримеева Саргылана Семеновна.
Нэһилиэнньэ ортотугар Күннүк Уурастыырап айымньыларын хаартыска нөҥүө арыйан көрдөрүү күрэскэ түмүк улахан дьон уонна эдэр ыччат ортотугар таҕыста. Дьүүллүүр сүбэ састаабыгар Макарова Светлана Егоровна Амматааҕы кииннэммит библиотечнай тиһик салайааччытын солбуйааччы, СР култууратын туйгуна, Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, бэрэссэдээтэл, Малыкайцева Александра Спартаковна урбаанньыт, Елисеева Прасковья Максимовна урбаанньыт, «Смайл» фотостудия хаһаайката үлэлээтилэр.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан улахан дьоҥҥо кыайыылааҕынан ааттаннылар:
1 миэстэ — Абаҕа нэһилиэгиттэн Ефимова Маргарита Семеновна «Отуу» үлэтинэн.
2 миэстэ — Болугуртан Михайлова Ульяна Майродовна «Айылҕам – эн уонна мин» үлэтинэн.
3 миэстэ – Чакыртан Новикова Амгалена Афанасьевна «Чуумпу» үлэтинэн.
Эдэр ыччат ортотугар дьүүллүүр сүбэ үрдүк биһирэбиллэрин ылан кыайыылааҕынан ааттаннылар:
1 миэстэ – Соморсун нэһилиэгиттэн Белолюбская Туйаара Дмитриевна «Дьолум – дойдум!» үлэтинэн.
2 миэстэ – П.И. Караканов аатынан Мээндиги орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Павлов Аман «Тулаайах оҕо» үлэтинэн.
3 миэстэ – Саха гимназиятын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Софронеева Таисия «Дойдум барахсан!» үлэтинэн.
В.М.Новиков — Күннүк Уурастыырап айымньыларынан уруһуй күрэҕин уонна “Тойон Дьаҕарыма бухатыыр” олонхонон комикс күрэҕин түһүмэхтэригэр дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр – Жиркова Кыыма Николаевна Анатолий Черемных аатынан Амматааҕы оҕо искусствотын оскуолатын преподавателэ, СР култууратын туйгуна, бэрэссэдээтэл, Бубякин Дмитрий Афанасьевич “Креатив” рекламнай мастерской хаһаайына, СР култууратын туйгуна, Бочкарева Анна Георгиевна Амматааҕы Л.В.Киренскай аатынан лицей технологияҕа учуутала.
Уруһуй күрэҕэр кыайыылааҕынан таҕыстылар:
I миэстэ – Новикова Намыына “Нуоҕалдьын Кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр”, Чакыр орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ, сал. Новикова Амгалена Афанасьевна.
II миэстэ – Дьячковская Виктория «Этиҥнээх ардах”, Алтан орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ, сал. Дьячковская Айталина Анисьевна.
III миэстэ – Игнатьева Юля “Үрүмэччи маҥан ат», Норуоттар икки ардыларынааҕы Арктическай оскуола 8 кылааһын үөрэнээччитэ, сал. Иванова Ефросиния Владимировна.
“Тойон Дьаҕарыма бухатыыр” олонхонон комикс күрэҕэр кыайыылааҕынан таҕыстылар:
I миэстэ – Павлов Саян, П.И.Караканов аатынан Мээндиги орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ, сал. Захарова Матрена Николаевна
II миэстэ – Романова Нарыйа, Алтан орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ, сал. Кондратьева Екатерина Ивановна
III миэстэ – Гаврильева Юлиана, Амма В.Г.Короленко аатынан №1 орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ, сал. Гаврильева Оксана Семеновна.
Фестивальга барыта 730 киһи кытынна, мантан 74 эдэр ыччат уонна 167 оҕо.
“Күннээх поэт” фестиваль бары кыттааччыларыгар тапталлаах поэппыт олоҕун уонна айар үлэтин үйэтитиигэ көхтөөх кыттыыны ылбыккытыгар, дьүүллүүр сүбэҕэ үрдүк эппиэтинэстээх үлэҕит иһин тэрийээччилэр ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит. Баҕарабыт чэгиэн доруобуйаны, дьолу, өссө да ситиһиилэр кэлэ турдуннар!