В.М.Новиков - Күннүк Уурастыырап
1907 - 1990сс.
Саха народнай суруйааччыта, тылбаасчыта, ССРС суруйааччыларын Союһун чилиэнэ, Үлэ Кыһыл Знамята, “Бочуот Знага”, Норуоттар доҕордоһуулара орденнар кавалердара, Дьокуускай куорат, Амма улууһун Бочуоттаах гражданина ВЛАДИМИР МИХАЙЛОВИЧ НОВИКОВ – КҮННҮК УУРАСТЫЫРАП
Биһиги, билиҥҥи көлүөнэ, Уурастыырабы кытта биир кэм салгынынан тыыммыппытынан бэйэбитин дьоллооҕунан ааҕынабыт.Ааспыт көлүөнэлэр хомолтолоро диэн – Уурастыырап иннинэ олорон барбыттарыгар, кэнэҕэски көлүөнэлэр итэҕэстэрэ диэн – Уурастыырап кэнниттэн олоххо кэлбиттэригэр.
Күннүк Уурастыырап курдук сүдү, улуу талааннары биэрбит норуот – дьоллоох норуот, оттон төрөөбүт норуотун төлкөлөөх түөрэҕин түстэспит, ону ыллаабыт – туойбут поэт – дьоллоох поэт.
Оҕо сааһа
Күннүк Уурастыырап төрөөбүт сайылыгар Саппыйаҕа өбүгэлэрин саҕаттан турар ампаара
1907 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр Саха народнай поэта, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын Союһун чилиэнэ, Үлэ Кыһыл Знамята, “Бочуот Знага”, Норуоттар доҕордоһуулара орденнар кавалердара , Дьокуускай куорат, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо Владимир Михайлович Новиков – Күннүк Уурастыырап Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр Софья Федоровна, Михаил Егорович Новиковтар диэн сэниэ ыалга төрөөбүтэ. Оҕо сааһа Эмис нэһилиэгэр Саппыйа алааска ааспыта. Аҕата ыарахан ыарыыттан эрдэ өлбүтэ. Ийэтэ атын улууска кэргэн тахсан барбыта. Кинини эбэтэ, эһэтэ ииппиттэрэ, сэттэтин туола илигинэ эбэтэ өлбүтэ, онон ас- таҥас, иис-күүс өттүнэн үчүгэй көрүүтэ – харайыыта суох үөскээн, тулаайах буолуу диэн тугун толору билбитэ.
Тулаайах Толя уйарҕаабыт сурэҕин
Оо, этиҥ эрэ, туох уоскутуой ?!
Харыстыыр хаххатын, тирэнэр тирэҕин
Хантан ылыай, туохтан булуой?! // Тулаайах оҕо
Бэйэм туспунан
Мин хаар хараарыыта, көтөр кэлиитэ – кэрэ сааскы кэмҥэ төрөөбүппүн – ыам ыйын 9 күнүгэр 1907 сыллаахха.Эбэм, Бороскуобуйа эмээхсин, наһаа намыын, холку, сэмэй киһи этэ.Миигин олус таптыыра, атаахтатара. Ол гынан баран оҕо сааһым оннук далбара сотору уурайбыта: сэттэбин туола иликпинэ эбэм өлбүтэ.
Арай мин кыахтаах эбит буолуум —
Өр да өр, үөрүүтүн үрдэтэн
Миигинниин олорсуон биллэрбин,
«Өлбөт мэҥэ уутун» иһэрдэн,
Тилиннэриэм этэ эбэбин
//Кыахтаах эбит буолуум//
Уоммун туоллаҕым сыл Абаҕа оскуолатыгар үөрэххэ киирбитим. 1923 сыллаах кыһын бэйэм төрөөбүт нэһилиэкпэр – Эмискэ начальнай оскуола аһыллыбыта. Мин онно үөрэнэн төрдүс кылааһы бүтэрбит ааты ылбытым. Нэһилиэк Советыгар суруксутунан үлэлээбитим. 1925 сыллаахха совпаршколаҕа киирбитим. Мин совпартшкола I ступени бүтэрэн баран, 1927 с. Комсомол уобаластааҕы комитетыттан командировка ылан, Иркутскай рабфагар үөрэнэ барбытым. Рабфак түөрт курстаах этэ. Мин ситиһиилээхтик үөрэнэн, 1930 сыл саҥатыгар IV курска тахсыбытым. Ол сылдьан кулун тутар 11 күнүгэр, тубдиспансер бобуутунан, үөрэхпиттэн уурайбытым. Дойдубар кэлэн, “Эдэр большевик” хаһыакка солбуйааччы редакторынан анаммытым. 1931 сыллаахха Иркутскайга Жданов аатынан пединститут литературнай отделениетыгар үөрэнэ киирбитим, эмиэ доруобуйам мөлтөҕүнэн, Якутскайга төннүбүтүм. Кинигэ издательствотыгар редакторынан, кэлин “Бэлэм буол” редакторынан, “Кыһыл ыллык” секретарынан, Суруйааччылар союзтарыгар оргбюро председателинэн үлэлээбитим. 1939- 1942 сылларга Якутскайдааҕы государственнай педагогическай институтка үөрэнэн туйгуннук бүтэрбитим. Үөрэхпин бүтэрээт, радиокомитекка литературнай – музыкальнай биэрии кылаабынай редактора буолбутум. Онтон Суруйааччылар союзтарыгар сыл холобурдаах үлэлээн баран, 1944 сыллаахха Майаҕа тахсыбытым, “Кыым” аналлаах корреспондена буолбутум. 1947-1953 с.с. “Хотугу сулус” альманах кылаабынай редакторынан үлэлээбитим. Ити кэнниттэн “Кыым” хаһыакка корреспондент буола сылдьыбытым.Онтон “Хотугу сулуска” поэзия отделыгар сэбиэдиссэйдээбитим.
Айар үлэтэ
Владимир Михайлович суруйар үлэтин 1925 сылтан саҕалаабыта, бу сыл “Тимир чыычаах” диэн бастакы хоһоонун суруйбута. Онтон бастакы бэчээккэ тахсыбыт айымньыта “Соҕотох хахыйах” хоһооно 1927 сыллаахха “Чолбон” сурунаалга бэчээттэммитэ. Кини бастакы хоһооннорун хомуурунньуга “Уһуктубут кыраайга” 1932 сыллаахха Дьокуускайга тахсыбыта. Манна түмүллүбүт айымньылара Владимир Михайловиһы нарын иэйиилээх, лирическэй хайысхалаах улахан поэт үүнэн иһэрин кэрэһэлээбиттэрэ. 1930 сыллаахха “Эдэр большевик” хаһыакка “Быстах ырыалар” диэн хоһооно бэчээттэммитэ: “Саҥа дьарыгыран эрэр эдэр автор быһыытынан миигин ааҕааччыларбар лаппа сэҥээрдибит айымньыбынан буолуохтаах дии саныыбын” – диэн суруйбута кэнники Владимир Михайлович.
1938 сыллаахха ССРС Суруйааччыларын Союһун чилиэнинэн ылыллыбыта. Күннүк Уурастыырап 60-тан тахса сыллаах айар үлэтигэр төрөөбүт норуотугар олох уларыйыыларын : сааскылыы чэлгийиини- чэчирээһини, сайыҥнылыы муҥутуу сайдыыны, күһүҥҥүлүү күрэҥсийиини- кэхтэри, кыһыҥҥылыы кырыанан хаарыйыылары, маны барытын олоҕун тиһэх күнүгэр диэри Владимир Михайлович уйан сүрэҕиҥ ортотунан аһарбыта, умнуллубат ырыалары ыллаабыта, улуу тойуктары туойбута, улаҕалаах олоҥхону айбыта.
Уурастыырап фольклор матыыптарыгар олоҕуран “Тойон Дьаҕарыма” олоҥхотун, “Үчүгэй Үөдүйээн ” драматын, “Былыргы дьыллар быыстарыгар” сэһэнин, хоһооннорун айбыта – суруйбута. Владимир Михайлович ыраас таптал уонна айылҕа тематыгар үгүс айымньытын анаабыт талааннаах лирик. Күннүк Уурастыырап саха суруйааччыларыттан биир бастакынан саха дьахтарын кэрэ обраһын литератураҕа киллэрбит поэтынан буолар, хоһоонноругар биир бигэ бэриниилээх тапталын хоһуйбута.
Киниэхэ норуот уоһуттан түһэрбэккэ ыллыыр ырыата буолбут хоһоонноро элбэхтэр, үгүс хоһоонноро хаһыс да көлүөнэ ыллыыр ырыалара буолбуттара, саҥаттан саҥа талааннарга сахалыы ырыа ураты айылгытын өйдүүллэригэр олук уурсубут классическай айымньылар буолаллар : “Кэҕэ”, “Түүл”, “Сырдык күммүт тыкпыт”, “Үрүмэччи маҥан ат”, “Көлүкэчээн” уо.д.а. Күннүк Уурастыырап көрдөөх ырыалары элбэҕи суруйбута, ол курдук, “Уой да уой !”, “Харалаампый Молоочук”, “Дьикти сэмэй Кууһума”.
Айымньылара нууччалыы, украинскайдыы, киргизтии, казахтыы тылларынан тылбаастаммыттара. Ол курдук, «Тойон Дьаҕарыма» олоҥхото А.Романов тылбааһыгар 1982 сыллаахха аан-бастаан «Сибирские огни» сурунаалга бэчээттэммитэ.
Күннүк Уурастыырап - фроҥҥа
Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Күннүк Уурастыырап (1942- 1943) сылларга Якутскайдааҕы радиокомитекка литературнай – музыкальнай биэрии кылаабынай редакторынан улэлээбитэ.
1942 сыллаахха Саха сирин үлэһиттэрин ааттарыттан сэриилэһэр армияҕа бэлэх туттара сылдьыбытым. Фроҥҥа барыта аҕыс хоммуппут. Сэтинньи сэттис күнүгэр байыаннай парады көрбүппүт. Киһини курдары охсор сытыы – курас тыаллаах, самыыр былаастаах хаар түһэр, силбик күн буолбута. Тэргэн- бууска салюта, суоҕун да иһин, киһи өйүттэн – санаатыттан тахсыбат, ис – иһиттэн эрчимнээх парад этэ. Бары күүһү өстөөҕү үнтүрүтэргэ түмэргэ ыҥырар, кылгас – кылгас эҕэрдэ тыллар этиллибиттэрэ.// Ааспыттан ахтыы.
Аҕалла Эн ырыаҥ алаастан, алартан
Ача күөх минньигэс сыттарын,
Иһиттим, иһиттим эйэҕэс ырыаттан
Этигэн хомуһум тыастарын.
Санатта Эн ырыаҥ Сайсары хонуутун,
Сахалыы ырыабыт кэрэтин,
Кыргыһар сэриибит кыайыытын – хотуутун,
Кыраайбыт кынаттыыр үлэтин. // Макар Хара
Сөбүлүүр дьарыктара
Владимир Михайлович кыра эрдэҕиттэн олоҥхону истэ, олоҥхоһуттары үтүктэ улаатан, 16-17 сааһыгар дьон кэрэхсээн истэр олоҥхоһута буолбута. Ордук сөбүлээн истэр олоҥхоһута Чээбий эбит.
Күннүк Уурастыырап олоҥхоһут, поэт, суруйааччы, тылбаасчыт быһыытынан эрэ биллибэт, ону таһынан өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр – көстөр саахыматчык этэ. Кини куорат уонна республика саахымакка күрэхтиһиилэргэ элбэхтик кыттара. Куорат чемпиона, республика биир күүстээх саахыматчыта этэ.
Владимир Михайлович биир сөбүлүүр дьарыга булт умсулҕана. Кини, биһиги ытык дьоммутуттан, биир бастыҥ сааһыт этэ. Кини сааланарын, балыктыырын туһунан бэйэтин айымньыларыгар ураты сылаастык суруйан хаалларбыта. Владимир Михайлович истиҥник саныыр дьонун кытта куска- куобахха сааланарын, кулуһун аттыгар олорон, киэһэ утуйаары сытан наҕылыччы сэһэргэһэрин, онтон дуоһуйа сынньанарын туохха да биэрбэт этэ диэн ахтыыларга суруллар.
Дьиэ кэргэнэ
Саха народнай суруйааччыта В.М.Новиков – Күннүк Уурастыырап уһун олоҕун тухары биир тапталы хоһуйбут поэт. Кини Надя Иванованы көрөөт таптаабыта, эдэр кыыс Туйаарыма Куо курдук кэрэ, нарын этэ. Кини кэргэнин, таптал сылаас иэйиилээх үгүс хоһоонун анаабыт Надежда Гаврильевналыын биир уол оҕолоохтор, үс сиэннээхтэр. Надежда Гаврильевна Иванова саха тылын, литературатын учуутала. Кини 40-ча сыл, пенсияҕа тахсыар диэри, Дьокуускай № 2-дээх оскуолатыгар үлэлээбитэ. Надежда Гаврильевна “Отличник народного просвещения РСФСР ” үрдүк аатынан бэлиэтэммитэ. Надежда Гаврильевна 2000 сыллаахха өлбүтэ.
Новиковтар биир уоллаахтар – Владимир Владимирович Новиков (17.02.1941-16.04.2014), кини үрдүк категориялаах хирург этэ, кэргэнэ Нина Дмитриевна өр кэмҥэ “Гражданпроекка”үлэлээбитэ. Сиэннэрэ : Оксана Владимировна Васильева , үс оҕолоох –Нина, Данил, Алина. Екатерина Владимировна Новикова икки уоллаах – Тимур, Альберт.
Михаил Владимирович быраас үөрэхтээх этэ, билигин орто дойдуга суох.
Саха народнай поэта В.М. Новиков – Күннүк Уурастыырап 1990 с.муус устар ый 30 күнүгэр ыарахан ыарыыттан өлбүтэ.