Библиотекаҕа бэлэх
Бүгүн, ахсынньы 26 күнүгэр биллэр суруйааччы, суруналыыс, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Албаан аат уордьан кавалера, САССР культуратын үтөлээх үлэһитэ, Амма хаһыатыгар редакторынан үлэлии сылдьыбыт С.О. Никифоров: «Өлөрү кыайбыттар» кинигэтин суруйааччы кыыһа Агапова Марфа Семеновна бэлэх уунна. Агаповтар дьиэ кэргэҥҥэ дириҥ махталбытын тиэрдэбит.
В преддверии самого волшебного праздника Нового года, Амгинская центральная библиотека им. В.М. Новикова — Кюннюк Урастырова отметила свое 85-летие. В этот праздничный день свои искренние поздравления выразили министр культуры и духовного развития РС (Я) А.И. Ноев, заместитель главы Амгинского улуса по социальным вопросам Нь.И. Илларионовна, начальник управления культуры Амгинского улуса И.Ф. Иванов, начальник управления по социальной и молодежной политике Амгинского улуса С.П. Неустроева, председатель профсоюзной организации Амгинского улуса С.В. Неустроева
Амгинская центральная библиотека является одной из ведущих библиотек в республике и имеет ряд успешных проектов, которые на протяжении нескольких лет вызывают большой интерес среди читателей, общественности улуса и всей республики. В 2021 году Амгинская центральная библиотека победила в номинации «Лучшее сельское учреждение культуры» в рамках реализации проекта «Создание условий для реализации творческого потенциала нации». В…
Ахсынньы 23 күнүгэр Күннүк Уурастыырап аатынан улуустааҕы киин бибилиотекаҕа «Служение Родине — смысл жизни» диэн байыаннай, сулууспа ветерана Амма улууһун бочуоттаах гражданина Сирдитов Петр Дмитриевич туһунан кинигэ сурэхтэниитэ буолан ааста
Кинигэҕэ Петр Дмитриевич олоҕун кэмнэрин, КГБ-ФСБ, комсомолскай,партийнай үлэтин туһунан бииргэ үлэлээбиттэрин, үөрэммит оҕолорун, аймахтарын ахтыылара, үгүс элбэх хаартыскалара, наҕараадалара түмүллэн киирбиттэр. Сүрэхтэнии биһирэмин олоҕун аргыһа Розалия Афанасьевна Сирдитова иилээн саҕалаан ыытта. Уонна бу кинигэтин библиотека фондатыгар бэлэх уунна.
Названы лучшие работники сельских учреждений культуры и лучшие сельские учреждения культуры Республики Саха (Якутия)
Отличные новости перед самым волшебным праздником – Новым годом! Сегодня названы лучшие работники сельских учреждений культуры и лучшие сельские учреждения культуры Республики Саха (Якутия)! В рамках реализации регионального проекта «Создание условий для реализации творческого потенциала нации» («Творческие люди») на поддержку отрасли культуры по результатам конкурсного отбора, набрав наибольшее количество баллов по критериям, победителями стали: От…
Олохтоох автор, оҕо суруйааччыта Дария Егоровна Васильева — Амма Даайыс Саха сирин суруйааччыларын союһун чилиэнин үрдүк аатын сүктэ
Кини элбэх кинигэ автора буолар. Ол курдук: «Барыта таптал тула», «Миигин чыычаах диэтэргит», «Оҕо саастан саҕалаан», «Мин Аммам — күн көмүс уйакам» (аудиокинигэ), «Бөхтөөлөй уонна Аммачаана», «Туйаара» (куукула кинигэ), «Илларионов Николай Егорович» (Амма киэн туттуута) кинигэҕэ үлэлэспитэ. Улуустааҕы «Айар абылаҥ» литературатурнай түмсүү уус уран салайааччытынан үлэлээн бэйэтин тус кылаатын киллэристэ. Биһиги библиотекабыт саамай чугас доҕоро,…
Ахсынньы 20 күнүгэр улууспут салалтатын аактабай саалатыгар Амма улууһа тэриллибит күнүн уонна улууспут бастакы кулубата Афанасий Петрович Рязанскай туһунан саңа кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. В.М. Новиков — Күннүк Уурастыырап аатынан киин бибилиотеката «Афанасий Петрович Рязанскай — улуус бастакы кулубата», «Аммабыт баай историята — үүнүү сайдыы биһигэ» кинигэ быыстапкатын туруорда
Кинигэни суруйбут ааптар, кыраайы үөрэтээччи Михаил Васильевич Алексеев, киниэхэ күүс көмө буолан баай ис хоһоонноох историческай докумуоннары хомуйсубут, күүс — көмө буолбут дьонноро, «Илин» сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ, саха сирин суруйааччыларын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Олег Гаврильевич Сидоров, филолологическй наука доктора Николай Николаевич Ефремов, СӨ национальнай архивын директора Петр Васильевич Румянцев кэлэн ыалдьыттаатылар. Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга…
Оҕо литературатын өйүүр бириэмийэни аан бастакынан аммалар олохтоотулар
Ахсынньы 18 күнүгэр оҕо литературатыгар меценат Руслан Федотов олохтообут бириэмийэтин туттарыы үөрүүлээх быһыыга-майгыга буолан ааста. Кини бу бастакы бириэмийэ кыайыылааҕар 500 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээти туттарда. Аҕыс ый анараа өттүгэр, «Алта» кинигэ кыһатын салайааччы Зинаида Архипова, «Саха сирин суруйааччылара» ассоциация бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров уонна урбаанньыт Руслан Федотов буолан, оҕо литературатыгар бириэмийэ олохтуур туһунан кэпсэппиттэрэ, сөбүлэспиттэрэ. Бу сайын куонкурус биллэрбиттэригэр, ханна да…
Бүгүн, ахсынньы 17 күнүгэр «Үйэлэри уҥуордаан эһиги миигин истиэххит» бырайыак чэрчитинэн Милена Борисова «Аммабар дьоллоох буол» диэн аудиокинигэ күн сирин көрдө
Бырайыак ааптара,Амматааҕы киин библиотека кыраайы үөрэтэр салаа кылаабынай библиотекара Вероника Ивановна Стручкова Амма талааннарын, айар куттаах дьоннорун үйэлэргэ үйэтитэр 19-с аудиокинигэтэ Ырыаҕа уһуйааччы, эбии үөрэхтээһин педагога, СӨ култууратын туйгуна, СӨ ырыа айааччыларын союһун чилиэнэ, «Амма киэн туттуута» бэлиэлээх, Аммабыт тарбахха баттанар талааннаах ыччата Милена Борисоваҕа ананан таҕыста. Диискэҕэ автор олоҕун,айар үлэтин кэпсээнэ, хомоҕой хоһоонноро,ылбаҕай ырыалара…
Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, СР үөрэҕириитин, айылҕа харыстабылын туйгуннара, философскай наука кандидата, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Соморсун, Амма нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо В. В. Федоров 75 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр буоллулар
14.00 ч. А.А. Черемных аатынан оҕо искусствотын оскуолатыгар В.В.Федоров үлэлэрин, кини олоҕун туһунан «Бастыҥ учуутал, салайааччы, учуонай» кинигэ быыстапката турда. Выставканы Амматааҕы Күннүк Уурастыырап аатынан библиотека директорын солбуйааччы Макарова С. Е., Василий Васильевич кыыһа Лада Васильевна арыйдылар. Ааҕааччыны кытары үлэлиир салаа сэбиэдиссэйэ Сидорова Е.В. выставкаҕа турбут кинигэлэри билиһиннэрдэ.
В.М. Новиков — Күннүк Уурастыырап аатынан киин бибилитиэкэтин историята
Бүгүн, Аан Даам тымныылаах ахсынньы 14 күнүгэр 1938 сыллаахха Аммабыт улууһугар аан бастаан бибилитиэкэ тэриллибитэ 85 сылын дьоро күнэ үүннэ. Бибилитиэкэ историята үгүс кэрдиистэри, сыллары — дьыллары ааһан, бүгүҥҥү күҥҥэ диэри сайдыы түһүмэхтэринэн үлэтэ хамнаһа ситиһиилээхтик хардыылаан, инники кэскилгэ тиийэн 21-с үйэ тэтиминэн ситиһиилээхтик үлэлии олорор. 53 сыл устата нуучча демократ суруйааччыта В.Г. Короленко аатын…